Page 60 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 60
Күн көрүдьүөс сибэккилэрэ
Көрүнээхтээн тураллар;
Утаппыт көтөр-сүүрэр
Уйгулаах уугуттан
Уулаан-ыймахтаан
Уоскуйан ааһаллар.
Кэҥсэйбит киһи-сүөһү
Килбиэннээх уугуттан
Киллиргэччи иһэн
Кэҥээн-сөрүүкээн ааһаллар.
Сүппэккэ-көҕүрээбэккэ сүүрүгүрэҕин,
Уолбакка-оччообокко устаҕын,
Бараммакка-быстыбакка бараҕын.
Килбиэннээх киэбиҥ киртийбэт,
Сардаҥалаах ууҥ саппаҕырбат,
Ыраас бэйэҥ ырыганнаабат.
***
Төһө хачча күннэргэ
Төлөһүйэр төлкөлөөх буолуоҥуй?
Өр дуу, өтөр дуу үйэлэргэ
Өлбөккө-сүппэккэ сүүрүөххүнүй?
Уһун дуу, удумар дуу хонуктарга
Уруйдаахтык устуоххунуй?
Оол-оол дойдуларга
Улуу-улуу муоралар
Оботтоох уорааннара
Оҕуруйа турара буолаарай?
Анараа-анараа дайдыларга
Амырыын-амырыын байҕаллар
Албаннаах айахтара
Ахсырыйа сытара буолаарай?
Күтүр-күтүр дойдуларга
60