Page 65 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 65
нүк көлүкэчээнэ диэн ааттыыллар эбит. Онно суру-
йааччы туттубут дурдата, тыыта билигин да бааллар.
СЕМ¨Н ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
Кыһыҥҥы күн
Мороз и солнце;
День чудесный
À. Ñ. Ïóøêèí
Кыыркаҕа суох маҥан хаар
Кылбачыйа тунаарар.
Иэдэскин чэбдик дьыбар
Ымыы курдук кытардар.
Таптыыбын Сахам сирин
Кыһыҥҥы тыйыс күнүн,
Чараҥ кырыа симэҕин
Дуйдуур көмүс күлүмүн.
Кыһыҥҥы күн сынньалы,
Уоскулаҥы билиммэт:
Күүтүмэ уу нууралы,
Далбары да күүтүмэ.
Тымныы күн чэбдик дьолун
Үлэһит эрэ билэр,
Сыылба, сыппах, най дьону
Ытарчалыы ыга ылар.
Манна баар бары маҥан:
Маҥан кырса, кырынаас,
Маҥаҥҥа маҥанынан
Маҥан хабдьы суруйар.
Манна дьон дууһалара
Ыраас, маҥан хаар курдук:
65