Page 64 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 64

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

  1. Бу иннигэр А. Е. Кулаковскай хоһоонугар үрүйэ-
      чээн, бу сырыыга көлүкэчээн туһунан аахтыгыт.
      Сири-дойдуну итинник манньыйан оҕотутан аат-
      тааһын эһиэхэ туох санааны тиэрдэрий?

  2. Көмүһүкчээн ини мөһүүрэчээн, төгүрүкчээн ини
      көлүкэчээн хартыынатын хараххытыгар ойуу-
      лаан оҥорон көрүҥ. Көлүкэчээн күн хайа кэми-
      нээҕи хартыыната эһиэхэ көстөрүй?

  3. Эһиги санааҕытыгар, хоһоону туох киэргэтэрий?
  4. Устуруокаҕа бүтэһик сүһүөхтэр хайдах дьүөрэлэс-

      питтэрий?
  5. Хоһоон ураты тутулугар туох киирэрий?

       Тылбытын байытабыт

      Мөһүүрэ — нуучча тылыттан киирбит төрүт тылын
  булан этиҥ. Мөһүүрэ туохха туттулларын быһаарсыҥ.

       Тыыннаах тыл

      Бэйиэт дойдутугар таптыыр көлүкэчээнин хоһуйбу-
  тун курдук, эһиги төрөөбүт дойдугутугар баар кэрэ-бэ-
  лиэ сири ини диэн норуот ырыатыгар үгүстүк туттул-
  лар эбиискэни туһанан дьоҕус хоһоон айарга холонуҥ.

                                                                КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

  Күннүк Уурастыырап бу хоһооно норуот олус таптаан
     ыллыыр ырыата буолбута. Ырыаны булан истиҥ уон-
     на үөрэтиҥ.

  Күннүк Уурастыырап дойдутугар, Амма улууһун Эмис
     нэһилиэгэр, суруйааччы өрүү ахтан тиийэн сынньа-
     нар Саппыйа алааһыгар баар үчүгэйкээн күөлү Күн-

64
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69