Page 59 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 59
Ити кэпсэтиини истэн олорон, Алексей иһигэр:
«Оскуола диэҥҥэ, эһэм үөрэппитин курдук, бууку-
баны үөрэтэллэрэ дуу? Оччоҕо үгүс өттүн бэйэм да
билэбин. Өссө тугу үөрэтэллэрэй?» — диэн саныы
олорбута.
— Кукаам, Төттөй, эн туох дии саныыгын? Үөрэнэ
барыаҥ этэ дуу… суох дуу? — диэн ийэтэ ыйыппыта.
— Барыам этэ. Барыахпын баҕарабын.
— Доҕоор, оҕобут бэйэтэ баҕарар буолбутун кэн-
нэ, тугу хаайа олороохтоотоххунуй? Бардын ээ.
Итинтэн ыла ким да үөрэх туһунан саҥарбатаҕа.
Убайа Төттөйү, атыгар мэҥэстэн, Тааттаҕа илдьэ
тахсыбыта.
Ити дьыл Боотуруускай сүүрбэ нэһилиэгиттэн Чу-
рапчыга баар соҕотох оскуолаҕа отуттан эрэ тахса
оҕо үөрэммитэ.
(Р. А. Кулаковскай «Аҕам олоҕо» кинигэтиттэн)
Ааҕыы, ырытыы
Үрүйэ
(Быһа тардыы)
Сымнаҕас кырыстаах,
Сыттаах оттоох
Сыһыы-хонуу устун
Сыккыстаан иһээхтиигин,
Сырдык үрүйэчээниэм!
Сир ийэ дайды
Синньэ солко симэҕин
Сиэдэрэс сибэккитин устун
Сиккистээн иһээхтиигин,
Сиэкилэ таас үрүйэчээниэм!
Көмүс өҥүн көрдүк
Күлүмүрдэс уугар
59