Page 62 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 62

суостаах-суодаллаах, кутталлаах буолуохтарын
      сөбүй? Ааптар уйулҕата, санаата туохтан айма-
      нарый?
  4. Бэйиэт үрүйэчээни, сыһыыны-толоону, сибэкки-
      лэри кытта кэпсэтиитэ ханнык уус-уран ньыма
      буоларын, литература тиэрминин тылдьытынан
      сирдэтэн, быһаарарга холонуҥ.

       Тыыннаах тыл

      Хоһоон бастакы чааһын өйтөн ааҕа үөрэниҥ.

       Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

  А. Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх Өлөксөй — саха ли-
      тературатын төрүттээччи, саха тылынан уус-уран
      айымньытын, норуот олоҕун чинчийбит учуонай, сыр-
      датааччы-бөлүһүөк.

  Саха биллиилээх суруйааччыта Реас Алексеевич
      Кулаковскай, Өксөкүлээх Өлөксөй уола, аҕатын ту-
      һунан «Аҕам олоҕо» сэһэни суруйан хаалларбыта.

              ВЛАДИМИР МИХАЙЛОВИЧ НОВИКОВ—
                           КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП
                                    (1907—1990)

                             Көлүкэчээн

                 Көмүһүкчээн ини мөһүүрэчээн,
                 Төгүрүкчээн ини көлүкэчээн,
                 Кылбачыгас ини долгуҥҥун
                 Кытыыларгар ини тиэрдээриий,
                 Кылыһыктыыр ини отторгун,
                 Кырыылаахтыы ини бигээриий!

62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67