Page 53 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 53
СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
(1922—1993)
Ааҕыы,сэһэргэһии
Сахалыы саҥарар иһин
Омскай вокзалыгар кураанах солуурчахпын кыл-
дьыытыттан туппутунан, буфеттан ас ыларга инники
уочаракка түбэһээри, тиэтэйэн туора-маары дай-
баан истэхпинэ, кэннибэр:
— Тохтоо! Тохтоо эрэ! — диэн сахалыы хаһыы
иһилиннэ.
Соһуйан, эргиллэ түһэн көрбүтүм: сабыс-саҥа
фронтовой красноармейскай таҥастаах киһи, тимир
суол ыллыктарын быыстарынан мин диэки тэбинэн
иһэр эбит.
— Хайа, эн кырдьык… Кырдьык сахаҕын дуо? —
диэбитинэн тиийэн кэлээт, киһим, бокуойа суох мин
ууммут уҥа илиибин икки илиитинэн баччыктаан
ылан, өрүһүспүттүү ыгыта туппахтаата.
— Сахабын…
Киһим эдэркээн сирэйэ сырдаан, үп-үрүҥ тиис-
тэрэ кэчигирэһэн, оҕолуу күлэр хап-хара харахтара
кэҥээн, мичилийэн бардылар.
— Чэ, саҥарыый! Саҥаран иһиий, доҕоччуок!
— Тугу?..
Киһим дьиибэргээбиттии, мин өйдөөбөтөхпүн бэр-
киһээбиттии, сирэйбин көрө түстэ.
— Оттон… сахалыы… сахалыы саҥаран иһиий!
Сахалыы саҥаны бачча ахтыбыт киһиэхэ биир да
тылы булан эппэккэбин, мин хайдах эрэ муҥкугуран
турдум.
«Оо, дьэ! Сахалыы саҥаны умнубут бэйэҥ дуу?!
Чэ эрэ, оччоҕо миигин иһит. Бу курдук саҥарар
баҕайыта» диэбиттии, киһим бэйэтэ саҥаран кии-
рэн барда.
53