Page 48 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 48

Ийэ тыл — норуот тыына

               АЛЕКСЕЙ АНДРЕЕВИЧ ИВАНОВ—КҮНДЭ
                                      (1898—1934)

                                   Алексей Андреевич Иванов—
                               Күндэ сир үрдүгэр 36 эрэ сыл
                               кэлэн барбыта, ол иһиттэн үлэ-
                               лээбит, айбыт дьыла-күнэ баа-
                               ра-суоҕа — 17. Кини 1898 сыл-
                               лаахха тохсунньу 16 күнүгэр
                               Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһи-
                               лиэгэр орто ыалга төрөөбүтэ.
                               Ол аата дьоно туораттан кими
                               да илии-атах оҥостубакка, бэйэ-
                               лэрэ үлэлээн-хамсаан сүөһү-ас
                               ииттинэн олорбуттара. Өлөксөй-
төн уон биир сыл аҕа соҕотох убайа, Дьарааһын,
кэлин ыал буолан, хараҕа суох аҕалара Бучуука Өн-
дүрэйдиин бары биир хаһаайыстыба эбиттэр. Атын
кыра оҕо суох буолан, бары Өлөксөйтөн эрэ күннэрэ
тахсара. Кини улаатан, устунан Кутанаҕа, Элгээйигэ
оскуола киһитэ буолбута. Оччотооҕуга тыа ыалын
оҕолоро сайыҥҥы айылҕаҕа көҥүл көччүйэллэрэ,
ала дьоруо аттаналлара, от-мас үлэтигэр улахан
дьоннуун тэҥҥэ кэриэтэ сылдьан, олох муудараһын,
үөрүйэхтэрин иҥэринэллэрэ. Кинилэр тулалыыр ийэ
айылҕа, олох ураты көстүүлэрин — түптэ ураты сы-
тыттан, хонуу дьэрэкээн отуттан сарсыардааҥҥы
кыыһар туҥат сарыалыгар тиийэ — барытын сэргии
үөрэнэллэрэ, улааталлара. Өлөксөй Уйбаныап, хо-
йукку Күндэ, оҕо сааһа эмиэ итинник ааспыта.
    Биһиги, саха дьоно, «төрөөбүт төрүт тыл» диэни
иһиттибит да, Күндэ «Төрөөбүт тыл» хоһоонун өйдүү
түһэбит. Кылгас гынан баран, хайдахтаах дириҥ,

  48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53