Page 43 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 43
сылыйан, чалбах тахсан, суол харааран, хаҥкылыыр-
быт хаалбыта.
Аны «хараап» оҥорон чалбах уутугар, сүүрээҥҥэ
куоталаһыннарар адьынат үөскээбитэ. Маҥнай ким
эрэ мас хатырыгынан «хараап» диэн оҥорон ыып-
пыта. Онно көҕүйэн аны тэтэрээттэрбитин алдьа-
тан, кумааҕынан «баарыстаан» ыытар буолбуппут.
Хараап ыытар үлүскэнигэр ууну уу диэбэккэ, чал-
баҕы чалбах диэбэккэ, этэрбэспитин сытытарбыт.
Онтубут түүн хаччаччы хатан хаалара, уллуҥун сиигэ
көтүллэрэ. Ол курдук, пансиоҥҥа олорон үөрэхпит
иккис сылын түмүктээбиппит.
Саас үөрэхпит бүтэн, биһиги дьиэбитигэр тарҕа-
һарбытыгар учууталбыт Евдоким Георгиевич эппитэ:
— Кэлэр үөрэх дьылыгар оскуола ханна аһыллара
чуолкайа биллибэт. Баҕар, манна, баҕар, атын сир-
гэ аһыллыаҕа. Ол туһунан нэһилиэктэргитигэр күһүн
биллэриллиэ, ону көһүтээриҥ!
Аҕам кэлэн миигин дьиэбэр илдьэ барбыта. Дьо-
нум кыстаабыт дьиэлэригэр олороллоро. Оттон мин,
Хаптаҕай Уйбаанныын бииргэ бултуохпут диэн, үөрэ
санаабытым.
Соболоҥ
Өрүс кыдьымахтаммыта. Ороһуттан да, Харба-
лаахтан да, дьоннорбутуттан да ким да кэлбэт, кэ-
һии аҕалбат буолбуттара. Оттон маннааҕы Хомус-
таах оҕолоро биһигини сыһыарбаттара, дьоннорун
кэһиилэриттэн бэрсибэттэрэ.
Халлаан эрдэ хараҥарар буолбута, хаар халы-
ҥаабыта. Ханна да кэлэр-барар кыахпыт суоҕа. Та-
һырдьа өр сылдьыахпытын, халлаан тымныйбыта.
Киэһээ аһылыкпытыгар диэри уруокпутун бэлэм-
ниибит, аһаан бүтээт, ороммутун булабыт. Сытабыт.
Уубут кэлбэт.
43