Page 44 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 44
Биир киэһэ сытыахтааҕар эбэбиттэн истибит ос-
туоруйаларбыттан биир остуоруйаны оҕолорго кэп-
сээбитим. Остуоруйалаан бүтэрбэр үгүс оҕо утуйбут
быһыылааҕа, кэпсэппэт, саҥарсыбат этилэрэ. Оттон
уһуктаҕас оҕолор улаханнык хайҕаабыттара.
Нөҥүө күнүгэр киэһээ аһылыкпытын аһыахпыт ин-
нинэ, оҕолор миигин тула көтө сылдьан:
— Ньукулаай, бу киэһэ эмиэ остуоруйалаа, — диэн
көрдөспүттэрэ.
— Манньата суох остуоруйалаабаппын, — диибин.
— Ол тугу көрдүүгүнүй? — дэһэллэр оҕолор.
— Мин остуоруйалыырбын истиэн баҕалаах, биир
тоорохой лэппиэскэни миэхэ биэриэхтээх… Оччоҕо
остуоруйалыам.
— Эс, баҕар, остуоруйаҕын сөбүлүөхпүт суоҕа,
оччоҕо лэппиэскэбитин эйиэхэ тоҕо сиэтэбитий? —
дэспиттэрэ сорох уолаттар.
— Лэппиэскэҕитин остуоруйалыам иннинэ сиэм
суоҕа… Бу киэһэ мин остуоруйалыырбын истиэн
баҕарааччы биир тоорохой лэппиэскэни тэриэлкэҕэ
уурдун… Өскөтө бу киэһээҥҥи остуоруйабын сир-
дэххитинэ, сарсыарда лэппиэскэҕитин бэйэҕит үл-
лэстэн сиэххит… Мин остуоруйабын сөбүлээтэххи-
тинэ — лэппиэскэни миэхэ биэриэххит, — диэн мин
быһаардым.
— Чэ, сөп! — дэспиттэрэ оҕолор.
Мин доҕорум Миитэрэй биир тэриэлкэни ылан,
остуоруйа истиэн баҕалаахтартан биирдии тооро-
хой лэппиэскэни хомуйбута. Оҕолор бары остуо-
руйа истиэхтэрин баҕараннар, тэриэлкэни толору
лэппиэскэ уурбуттара. Миитэрэй ол тэриэлкэлээх
лэппиэскэни остуорас ас уурар ыскаабар уктаран
хатаппыта.
Киэһэ эрдэ оҕолор оронноругар сыппыттара. Мин
эмиэ сыппытым.
44