Page 46 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 46
Хаптаҕай Уйбааны кытта билсиспитим. Биирдэ кини
биһикки булт туһунан кэпсэппиппит:
— Мантан чугас Ыарҕалаах толоон баар, — диэ-
битэ Хаптаҕай Уйбаан. — Онно мэлдьи курупааскы-
лар түһэллэр.
— Оттон онно туһах иитиэххэ буоллаҕа дии! —
диибин.
— Курупааскыга хайдах туһах иитиллэрин бил-
бэппин ээ, — диэбитэ.
— Кылынан туһах хатан… Хата, иккиэн онно ба-
ран туһахта иитиэх! — диибин мин. Хаптаҕай Уйбаан
сөбүлэспитэ. Сарсыарда туран мин курупааскыга
туһах иитэ бараары тиргиллибитим. Бэйэм испэр:
«Курупааскы туһаҕа син бочугурас уонна улар туһа-
ҕын курдук иитиллэрэ буолуо», — диэн саныырым.
Аҕабыттан кыл туһахтары көрдөөбүппэр, ыйыппыта:
— Тоҕо көрдүүгүнүй?
— Хаптаҕайдыын курупааскыга туһах иитэ бараа-
ры гынабын, — диибин.
— Курупааскыга хайдах туһах иитиллэрин билэ-
ҕин дуо?
— Син улар дуу, бочугурас дуу туһаҕын курдук
иитиллэр ини.
— Э, суох!.. Курупааскы туһаҕа букатын атыннык
иитиллэр.
— Хайдах атыннык иитиллэрий?
— Күрдьэхтээх баран, курупааскы түһэр ыарҕа-
тын аттыгар, хаары күрдьэн, оту субуулуур курдук,
субуу оҥоруллар. Онно туһаххытын ииттэххитинэ,
курупааскы ханна бараахтыай, иҥнэр, — диэн аҕам
кэпсээбитэ.
Курупааскыга туһаҕы хайдах иитэр ньыматын
билээччи — мин, оттон курупааскы түһэр толоонун
билээччи — Хаптаҕай Уйбаан. Ол курдук кини биһик-
ки кыттыспыппыт.
46