Page 42 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 42
ҕүйэн биһиги бары ол суолунан хатыыскалаан түһэ
оонньообуппут. Сотору үгүспүт ыстаанын кэннэ ил-
дьирийбитэ, нэгэ бырдьайан көстөр буолбута. Мин
ыстааным кэннэ эмиэ алдьаммыта. Саатаммын, ис-
тээх ыстааммын кэппэт буолбутум. Хатыыскалыы
оонньуохпун олус баҕарарым. Оҕолор хайдах түһэл-
лэрин ымсыыра көрөрүм.
Биир күн уруокпут кэнниттэн Марк Захаров, маһы-
нан хаҥкы оҥостон, өрүс сыырыттан түһэ оонньоо-
бута. Биһиги бука бары ону көрөн айахпытын атан
турбуппут. Онтон кини хаҥкытын хайдах оҥостубу-
тун сураспыппыт, көрбүппүт-истибиппит. Ол кэн-
ниттэн киэһэни быһа хаптаһын сыыһын көрдөөһүн,
остуораспытыттан эрбии уларсыыта, быһах былдьа-
һыыта бөҕө буолбута. Сарсыҥҥытыгар сорох этэр-
бэһин быатынан, сорох бирээдьинэнэн быалаан хаҥ-
кыбытын кэппиппит. Өрүс сыырын түһүүгэ үгүспүт
бастаан утаа охтуталаабыппыт. Ону ол диэбэккэ
түһэ сатыырбыт. Кэнникинэн үөрэнэммит, син үчү-
гэйдик түһэр буолбуппут. Онтон ким эрэ ол мас
хаҥкытын ньаалбаанынан ыллыктаабыта. Ол өссө
ордук сыыдама, үчүгэйэ. Аны сыырбытын мыынан,
Хомустаах аартыгынан хайа үрдүгэр ыттарбыт, он-
тон хаҥкыбытынан суол устун икки биэрэстэттэн
ордук сири түһэр буолбуппут. Хаҥкылааһынынан
иирэммит, уруокпутун аанньа бэлэмнээбэт буолан,
учууталбытыттан мөҕүллэрбит. Тиһэҕэр тиийэн Ев-
доким Георгиевич эппитэ:
— Сэрэтэбин, аны уруоккутун бэлэмнээбэккэ, хаҥ-
кылыы сылдьыаххыт да, барыгыт хаҥкытын хомуйан
ылыам!
Онтон ыла маҥнай уруокпутун бэлэмниирбит, ол
эрэ кэнниттэн тахсан хаҥкылыырбыт.
Кырдьыга, хаҥкы үөрэхпитин улаханнык атахтыы-
ра, таҥаспыт да алдьанара. Хата, сотору күн уота
42