Page 37 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 37

Хайа, дьоҥҥор-сэргэҕэр эйэҥ холоон, — диэн Күтүр
Көстөкүүн иҥиэттэн кэбистэ.

    — Мин оҥорбут буруйбар эн сылдьыаҥ суоҕа!..
    Өр соҕус бары саҥата-иҥэтэ суох сөҥөдүһэн
олордулар. Дьиэ иһэ им-дьим. Арай дьиэ айаҕар
сытар ыт мөлтөөбүт саҥата ыйылыыр, уот тыаһа
чачыгырыыр. Эмээхсин туран, бэриинэтин тапта-
йан, оронун оҥостон барар.
    — Киһи киһини сөбүлээн да сынньар баҕайы, саах
күрдьээччитэ суох сабылыннахпыт ити.
    — Сабылын… Сабылын… Үллэ сытыйбыт, аны
эн бэлэскэр түһэрдиҥ дуо? — Бачыгыратар ийэтин
саба саҥарар.
    — Бу киһи манна сытыа дуо? Тур, Айгылла, киэр
гын! — диэтэ Көстөкүүн оҕонньор, туран Хачыгыр
тыылыы тэппит атаҕын хаһыйа тэбэн кэбиһэн ба-
ран уонна остуол аттыгар тиийэн, таҥараҕа үҥэн
боҕуйан барда. Айгылла, хайдах да гыныан булба-
тах киһи быһыытынан, туран түнэ сонун быарыгар
туттан олордо.
    — Хайатын итиннэ тыылла сытыай, сүбэтин бу-
луохха баар! — диэн эмээхсин сүөлэҥэдийдэ.
    — Туран тойомсуйа олороҕун дуу, ээ? Сиргэ сил-
лиигин дуу, ээ? Кэлэйэн силлээтиҥ дуо? Эйигин ити
курдук кэбилээтэххэ, туох баар буолуой? — Бачыгы-
ратар Айгылла үрдүгэр дибдигирээн тиийэр.
    — Оттон ханна гынабын? Сүбэлээҥ ээ. Манныкка
түбэспэтэх киһибин… Хайдах да гыныахпын булбак-
ка олоробун.
    — Киллэрэн хотоҥҥо атыыр оҕус атаҕын анныгар
бырах!
    — Бэйи, оттон…
    — Чэ, чэ! Хабыргыы олоруоҥ дуо?
    Айгылла туран долбууртан тымтык ылан уматта
уонна, уоттаах тымтыгы тииһигэр ытыран баран,

                                                                                                                     37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42