Page 32 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 32
биир эмэ торбоһу сиэтэрэ буолуо, — диэн хотун
бэлэһин түгэҕэр сүөлэҥэдийдэ.
Ону истээт, Хачыгыр хотоҥҥо көтөн түспүтэ, ха-
йыы-үйэҕэ аан туман быыһынан кыламаннара бобо
кырыарбыт ынахтар чолооруҥнуу-чолооруҥнуу, тор-
бостор турар сирдэрин диэки балайынан харбаһан
эрэллэр. Кини, куолутунан, торбос отугар тиийбит
ынахтартан биирдэстэрин муоһугар иилистэ түһэн,
дэлби мускуйан, оннугар илдьэ баран эрдэҕинэ,
биир борооску өлөр саҥатын саҥарда. Маны хайыы-
үйэҕэ хотуна истэн, ааны өҥөйөн туран, төрөөбүт
сырҕан эһэлии часкыйда:
— Дьэ, чолойо сытыйбыт, бэйикэй! Ити бороос-
куну сиэтиҥ буолбат дуо? Дьэ, оттон таҕыстаххына,
көрдөөбүккүн биэриэм!
Маннык ынырык сааныыны истибитинэн, Хачы-
гыр бэйэтин үлэтин оҥоро сырытта.
Хотон халҕана иккиһин, «Хачыгы-ыр» диэн, са-
быллан хаалла.
Хачыгыр тэҥнэһиэ дуо, били сааныылаах дьиэ
диэки ыыс-быдаан туман ортотунан устан барда.
Хотон айаҕар тиийэн иһиллээн турбахтаата. Өскөтүн
кинини хотуна кэнийэ олорор саҥатын истэрэ буол-
лар, бу хотон иһигэр тоҥон, хоргуйан өлүө да буол-
лар, тахсыбатын кэрэйбэт. Икки илиитин холбоччу
тутан, үрэн сылыта-сылыта, эр хаанын ылынан,
дьиэҕэ таҕыста.
— Дьэ, чолоҕор, таҕыстаргын, кэл манна!
Хачыгыр буоллаҕына, оһох кэннигэр туран, ытам-
ньыйбыт куолаһынан:
— Ааттаһабын, хотунуом, бырастыы гын, — диэн,
аһыннарыах киһи курдук, көрдөһөн көрдө.
— Туох да айдаана суох, миигин туруоран эрэй-
дээбэккэ, кэл манна. Син биир сирдээн тимириэҥ,
халлааннаан көтүөҥ суоҕа, кэл диэтим!
32