Page 31 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 31

ууран, тула өттүн тоҥ мууска быһыта хаарыйтарбы-
тынан, дьиэ ааныгар кэллэ.

    — Ааны аһыаҥ! — бу курдук биэстэ-алтата хаһыы-
таабытын кэннэ, халҕан бэрт наҕыллык сэгэҥнээн
аһыллыбытыгар, били маанылаах сиэн оҕолоро, мэ-
ник харахтарын дьэргэҥнэппитинэн, быган кэллэ.

    Тыына-быара ыксаабыт Хачыгыр, көтөн түһэн,
дьиэ ортотугар тиийэн эрдэҕинэ, били ааны аспыт
уол, эккирэтэн кэлэн, этэрбэһин соһуллан иһэр быа-
тыттан үктээтэ. Хачыгыр, сирэйинэн умса баран, уҥа
иэдэһин бүтэйдии ибили түһэн, өр таалан сытта.

    — Ити илиэһэй, бэйэтэ да ааны аспакка, бу тым-
ныыга ыалдьа сылдьар оҕоҕо аан астара-астара,
киллэрбит мууһун, хара санаатыгар, сиргэ бырах-
та дии. Ыл, сирэйин үлтү имитэн, туруор! — диэн
эмээхсин сүөлэҥи куолаһынан уолун киксэрэн биэр-
дэ. Хачыгыр көһүйбүт көхсүгэр Тоттук оҕо сутуруга
битийбитинэн барда.

    — Ии-и, тоҕойум оҕото, сутуругун сыыһын боч-
чоччу туттубут буола-буола, — диэн эмээхсин оҕо-
тун таптаан ымманыйар саҥатын, тыына быстаары
сытар Хачыгыр бүдүк-бадык истэр.

    Хачыгыр, нэһиилэ ат буолан, көтөх ынах курдук
үнүөхтээн-үнүөхтээн туран, мууһун, сыра бөҕөнөн
көтөҕөн, хаҥас диэки остуолга илдьэн уурда. Муу-
һун анньан холумтаҥҥа туора тыыллан олорор ал-
тан солуурга симэ-симэ, иттэ таарыйа, сымыйа-
нан мууһун сааһылаабыта, чэчиргэппитэ буолан,
тура түһэн ылла. Кини муҥутуур муҥ албаһа диэн
ол буолар.

    Бу сырыттаҕына, «Хачыгы-ы-ыр» диэн, хотон хал-
ҕанын тыаһа бөтүүктүү хаһыытаан иһилиннэ.

    — Ынаҕы киллэртээн эрэллэр. Ити дэриэтинньик
итиннэ турбут сиригэр дьөлө тимирэн туран, эмиэ

                                                                                                                     31
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36