Page 30 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 30
кылбачыйан көһүннэ. Киэҥ толоон киэбин тухары
толору кутуллан хаалбыт тымныы тумана, мэктиэ-
тигэр, оргуйа турар солох курдук бурулуйар. Кини
тахсаат, икки ытыһынан кулгааҕын саба харбата-
лаан ылан баран, умса дьүккүйэн, киэҥ чигдини бы-
һа сүүрэн истэҕинэ, сырдырҕас тымныы, сылыйбыт
хобордооххо сыа арыытын сотон ылбыт курдук, сыр-
сыр гынан, кини этин быһыта салаабытынан бар-
да. Кэккэлэһэ турар икки ампаар ыпсыытыгар толору
симиллибит мууска тиийэн көрбүтэ, муус кыралыыр
сүгэтин ким эрэ ылан барбыт. Кини көтөҕүөн сөптөөх
мууһа суох буолан биэрдэ.
— О, дьэ, абаккалаах… — диэн бөҕүөрбүт, бөлүөс-
түбүт куолаһынан ымманыйан саҥаран баран, хотон
кэннигэр ыраах өрө дьаарыстана кыстаммыт кыс
мас диэки сүүрэн дьүккүйбүтүнэн барда. Тымныыга
быһыта салаппытынан, кыс маска тиийбитэ, били
кини муус кыралыыр килиин сүгэтэ, манна кэлэн,
кэлбэт гына кытаанахтык дүлүҥҥэ батары охсуллу-
бут; икки илиитинэн угун төбөтүттэн бобо харбаан,
дүлүҥүттэн тэбинэн баран, бэйэтинэн мэһэмээн-
нэнэн иттэнэ түспүтэ, сүгэтэ төлө ыстанан, күрдьүк-
тээх хаарга көхсүнэн батары түһэн хаалла. Хаарга
сыгынньах илиилэринэн батарыта тайанан ойон ту-
ран, ыстаанын алдьаммытынан симиллибит көмүрүө
хаары тэбии-тэбии, мууһун диэки тэбиннэ: бу ис-
тэҕинэ, сытыы быһаҕынан быһыта баттаабыт курдук,
илиитин тарбахтара аһыйбытын хардарыта айаҕар
батары биэрдэ. Онтон икки кулгааҕа, мэктиэтигэр,
тыс-тыс тыаһаан ыла-ыла, бүрүтэ ылбахтаабытын
хам туттуммахтаан кэбистэ. Мууһугар кэлэн, биир
улахан мууһу өһөөбүт быһыынан бокуойа суох үлтү
сынньан баран, көтөххө сөптөөх биир мууһу, сыгын-
ньах ньилбэктэригэр өйөөн, өрө көтөҕөн, түөһүгэр
30