Page 26 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 26

ытатара. Онно ийэлэрэ: «Ээ, тоойуом, Хачыгыр!
Оҕоҕун муокастаама», — диирэ.

    Сайын буоллаҕына, Хачыгыр Чооруостуун иккиэн
Кыбыттар кыараҕас хонуутугар лыаҕы эккирэтэл-
лэрэ, аһыҥаны бултууллара. Аҕалара, Кыбыттар кө-
лүкэтигэр содьоҥноон киирэн, туутун көрөн, балык
ыллаҕына: «Эн сиэ, кини сиэтин», — диэн хардарыта
хатаҕалаһа-хатаҕалаһа сииллэрэ. Иккиэйэх ынахта-
ра, хомуйтарыы көрдөөбөккө, бэйэлэрэ кэлэллэрэ.
Тарааҥка бастаан баран, доҕорун батыһыннаран
Тураҥнаах үрүйэттэн Кыбыттарга киирэн иһэн, «бу
иһэбит» диэбиттии, маҥыраан лаҥкыныыра. Ийэлэ-
рэ ыаҕайатын тоҕонохтонон, тайаҕынан далбаатыы-
далбаатыы, титиигин диэки баран иһэн, Тарааҥка
маҥырыыр саҥатын истэн:

    — Дьэ, тоҕойуом, Тарааҥка, кэлэ оҕус. Оҕом ыан-
ньыйдаҕа, ол иһин маҥыраахтыыра буолуо, — диэн,
төбөтүн салҕалатан, дьэбиннээх алтан ытарҕата
эйэҥнии-эйэҥнии, таптаан ымманыйа иһэр буолара.

    Арай бу олордохторуна, сайын киэһэ Тарааҥка-
лара хараҕын өҥүргэһинэн көрөн баран, тиэргэҥҥэ
өлөөрү мөхсө сытарын булбуттара. Айдаан бөҕөнөн
бары тахсаннар чинчилээн көрбүттэрэ — аҥаар холо
хааһыгырас гына иһэн хаалбыт, муннуттан сүмэһин
сүүрбүт. Аҕалара: «Эбэҕэ ыалдьыбыт», — диэн бы-
һаарар. Чооруос:

    — Ол «эбэ» диэн тугуй? Ынах дьаҥа дуо? — диэ-
битигэр, бу үйэҕэ кыыһырбат бэйэтэ, ийэлэрэ:

    — Акаары, мээнэ саҥаран… — диэт, тайаҕынан
сыыһа охсон хаалар…

    Ынахтара муннунан буугунаан, орулаан, хараҕа
суох иччитин диэки көрөн кэбиһэн баран, кэлин
туйаҕын татыр-татыр тэбиэлэнэн, өлөн барбыта.
Өлбүт ынаҕы бары тула өйөнөн туран ытаспыттара.
Тиэргэн таһынааҕы хаппыт титириктэри суулларан,

  26
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31