Page 23 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 23
рэн баран, тула алдьаммытынан угунньата орҕосто
сылдьар этэрбэһин хаҥас сототуттан молуй курдук
элэйбит быһычча быһаҕы сулбу тардан ылан, миэли
маһын кырыыларын кыһан мүлүйдээтэ. Дьэ, манан
хайаан да күүстээх үлэҕэ иккистээн киирэр санааны
ылынна. Кини, төһө да тиэтэйдэр, хотуулаахтык үлэ-
лииригэр биир улахан мэһэй баар эбит. Кини аччыга
мэһэйдиир. Мааҕын сарсыарда, хотонугар киирээри
туран, кыра, кытыйаны көп түгэх, бэс үөрэни ис-
питэ бараммыт, иһэ сиһин үөһүгэр хапчаччы тардан
хаалбыт. Сэниэтэ букатын суох, ол үрдүгэр бүгүҥҥү
ыарахан үлэтиттэн дэлби сылайбыт, түүн тоҥон
аанньа утуйбат буолан, утуктуура да бэрт. Кини күн
сиригэр маҥнайгы баҕата — биирдэ тото аһыыртан
атын суох. Айаҕалыы сатаан, хаппыт туорааҕы сии
сатаахтыыр.
Ортотунан хотойон түспүт, онон-манан иҥнэритэ
барбыт тулааһын баҕаналардаах, кыараҕас түннүк-
23