Page 25 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 25
тээх, ыт уйатын курдук ыыспаларыгар атаҕа суох
имииһит аҕатыныын, хараҕа суох ийэтиниин, Чоо-
руос диэн кыракый быраатыныын икки ынахтаах
ыал буолан олорбуттара. Хачыгыр кимтэн да сын-
ньыллыбакка, мөҕүллүбэккэ, «көҥүл» олоҕу олорбу-
та манна этэ. Ийэлэрэ, хараҕа суох Өрүүнэ, хаҥас
диэки илиитин таһынан далбаатаан, хайдыбыт ук-
таах, мэкчэччи элэйбит үрүөх үрэр быһаҕы булан,
тыаһа-ууһа суох кэлэн, аҕалара имитэр тириитит-
тэн, туппахтаан-туппахтаан тыһын булан, быһа суу-
ралаан ылара уонна, тугу да билбэтэх киһи буолан,
оһоҕун чанчыгар тиийэн, уокка үтэн кэбиһэрэ, хаста
да таһааран, куйахалыы-куйахалыы, хат-хат үтэн
баран, улахан өттүн быһа баттаан, мааны уолугар
Хачыгырга биэрэрэ. Аҕалара, кэмниэ-кэнэҕэс, сиэн
бүтэрэн эрдэхтэринэ, куйаха сытын билэн, таныы-
тын хамсаппахтаан баран:
— Бу бэдиктэр эмиэ тириини уоран, быһан ылан-
нар үппүттэр ээ… Дьэ эмиэ Күтүр Көстөкүүн айаҕар
уган биэрдэхтэрэ дии! — диэн көбдьүөрэ түһэрэ.
— Суодьаах, дьэ эмиэ буолла ээ, — диэн ийэ-
лэрэ, хараҕа суох Өрүүнэ, саба саҥаран кэбиһэрэ.
Киниэхэ, оччолорго, маннык ыарахан үлэ суох
этэ. Кыһын буоллаҕына, аҕалара мутуктаан киллэр-
бит амынньыарын* оһохторугар толору симэн биэ-
рэн бараннар, дьиэ таһыгар силлиэ-тыал куугунуур
тыаһын эрэ истэллэр. Чооруостуун иккиэн түннүктэ-
рин кырыатыгар Көмөрдөөххө баар Күтүр Көстөкүүн
чочуобунатын оҥоро оонньууллара. Ол чочуобунаны,
7 сааһын туолан, айыы этээри, сайын аҕабыыт кэл-
битигэр, Хачыгыр аҕатын кытта сылдьан көрбүтэ. От-
тон Чооруос буоллаҕына, Хачыгыр оҥорорун үтүк-
тэрэ. Сорох ардыгар, Чооруос оҥордоҕуна, Хачыгыр:
«Ээ, акаарыа, бу курдук буолбатах», — диэн чочуо-
буна оҥоһуллубут кырыатын сотон кэбиһэн, уолун
25