Page 22 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 22

йун иннигэр, бэйэтин туһугар бэрт чуолкай этэ. Бу
түннүккэ оҥоһуллубут бэлиэлэр уоннуу кутуу бурдук
тардыллан бүттэҕин аайы оҥоһуллан испиттэр, онон
сэттэ уон кутуу бурдук тардыллан бүппүт, оттон
чабычаҕар алта уон биэс кутуу бурдук хаалбытын
чуолкай билэрэ диэн буолар — бурдуга чабычаҕын
абыраҕын аллараа ситиитин кытта тэҥнэспитинэн
буолар эбит. Итинэн, Хачыгыр, тардар бурдугун
аҥаара эрэ бүппүтүнэн, бүгүҥҥү дьыалата куһаҕан
буолбутун билиннэ.

    Күнэ буоллаҕына киэһэрбит. Хайа, аны мантан
инньэ ынаҕын баайыыта кэлиэ. Онон Хачыгыр, үлэ-
тин тиэтэтээри, көхсүн этитэн, үрдүк арҕаһынан өрө
дьогдьойон таҕыста, тохтуу түһэн, ырбаахытын ха-
йыттыбыт бытырыыстарын түүрэ тутан, тоҕус сири-
нэн тоҕуттубут торбос ыстаанын иитигэр «эн маны
бөҕөтүк тут» диэххэ айылаах, симэн кэбистэ уонна
ытыһыгар силлээн баран, төттөрү-таары сууралаа-
махтаата. Ити аата кини урут бэйэтигэр суох күүһү
эбии киллэриннэ. Икки илиитинэн миэли маһын бо-
бо харбаан ылан баран, тааһын соххор өттүнэн түҥ-
нэри эргитэн дьигиһитэн барда. Маннык ыксаабыч-
ча тиэтэлтэн туһа тахсыбата. Тааһа, өрө сүгүллэн
тахсан баран, бүтүн-бүтүн туораахтарынан ыһыах-
танна. Итинэн кини, бурдук тардыытын уһатан, биир
суол улахан буруйдааҕар, куруппалатан кэбиһэн, ик-
кис ыар буруйу оҥоһунна.

    — Туох ааттаах сордоох тааһай!.. — диэтэ, тааһын
миэли маһын устан ылан, төбөтүн сиигинэн чапчы-
йан биэрдэ уонна, чурумчутуттан* эргитэ соһон
ылан баран, ынчыктыы-ынчыктыы өрө мэтэрийэн,
үөһэ тааһынан истиэнэҕэ кырыытынан өрө анньан,
онон-манан быстыбыт туораахтары, төттөрү сотон
ылан, чабычаҕар хат кутан кэбистэ.

    Биир чүөччэри* көҕүрэтэн, тааһын оннугар түһэ-

  22
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27