Page 19 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 19

Ити Туналҕаннаах ньуурдаах
         Туйаарыма Куо барахсан,
         Ити айылҕаны баһылыыр аптаах
         Айыы Умсуур удаҕан дьаалы —
         Бары, бары, бары
         Эн өрдөөҕү өбүгэлэриҥ эбиттэр,
         Эн төлөрүйбэт төрүттэриҥ эбиттэр.
         Кинилэр бэйэлээхтэр
         Көҥүл күүстэринэн,
         Алыптаах албастарынан
         Ол өрдөөҕү үтүмэн кэмнэргэ
         Өтө көрбүттэр
         Эн сүдү үйэҕин,
         Эн түмэн төлкөҕүн.
         Эн бэйэҥ
         Үрүлүйэр үлэҕинэн,
         Одьунаас охсуһуугунан,
         Күн тэҥэ санааҕынан
         Ол өрдөөҕү өбүгэлэриҥ
         Дьайбатах дьайыыларын дьайаҕын.
         Мин үөлээннээҕим,
         Мин биир дойдулааҕым,
         Эн — олоҥхо оҕотоҕун,
         Омуннаах олоҥхо
         Ытык ыччатаҕын!

                                                                           1970 с.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Билигин сир аҥаара күүстээх Дьулуруйар Ньур-
     гун Боотур бухатыыр, Туналҕаннаах ньуурдаах
     Туйаарыма Куо буолбатаргыт да, кинилэри кытта
     эһигини туох ситимниирий?

 2. Ханнык устуруокалары бэйэҕитигэр суолталаах-
     тар дии санаатыгыт?

                                                                                                                 19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24