Page 16 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 16
рыбыныы, дьоҥҥо уунарыҥ. Даллаҥныы-даллаҥ-
ныы үөрэр-күлэр этиҥ.
Сиргэ түһэн, ат буолтуҥ кэннэ наар эбэҥ көрөөх-
түүрэ.
Кини биирдэ нус-хас олоро түспэккэ, эйигин кыт-
та быһа бодьуустаһан, биэбэйдэһэн тахсара. Кы-
раҕар сүрдээх мэник уонна бэһиэлэй, көрдөөх киһи
этиҥ. Дьон эйигинэн туой оонньуу, ыаһах оҥостол-
лоро. Эбэлээх эһэҥ күннэтэ эйигин к³мүскэһэр-ха-
рыстаһар буолаллара. Илиилэриттэн адьаһын түһэр-
бэт этилэр.
Эбэлээх эһэҕин кытта биһиги үксүгэр бииргэ оло-
рорбут, сылдьарбыт. Хам-түм аҥыы-аҥыы барар-
быт.
Арай биир күһүн хайдыһан, тус-туспа дойдуга
к³спүппүт. Онно эн эһэҕин, эбэҕин алыс ахтаахтаа-
бытыҥ. Биирдэ да уоскуттан түһэрбэт этиҥ.
Ол кэннэ дьэ сайылыкка к³рсүбүппүт. Оҕонньор-
доох эмээхсин онно табаларыттан түһээт, эйигин
ыйыталастылар:
— Чыычаахпыт оҕото тыыннаах дуу? Тугу туһа-
лыырый? Т³һ³ улахан киһи буолла? — дэһэллэр.
Мин:
— Утуйа сытар, — диибин.
Табаларын ындыытын түһэрээт, тордох диэки
ньохорустулар.
— Мин урут киирэн к³рү³м. Суох, мин урут к³-
рү³м! — дэһээхтииллэр.
Ол гынан, сырсыалаһан иһэн, эмээхсин оҕонньо-
рун атаҕын тумсун үктээн, оҕонньор саппырыс гына
түспүт. Хаалан хаалаахтаабыт. Ол киирэн эмискэ
уһугуннараннар, эн соһуйан ытаабытыҥ. Онно дьэ
кэһиилэрин ³ҥүннүлэр: эбэҥ — буспут сыаны, эһэҥ
буоллаҕына — кыыл силиитин. Онуоха эн олус ү³р-
бүккүн эмиэ ³йдүүбүн.
16