Page 11 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 11

кэннин хайыста. Хайыста уонна дьиктиргээн саҥа
аллайа сыста. Оҕото көстүбэт. Ханна бардаҕай?
Уолун хаһыытаан ыҥырыахча буолан эрдэҕинэ, ойо-
ҕоһугар киһи күллэ. Эмискэ ол диэки эргилиннэ.
Оҕото турар эбит. Соһуйда. Сыныйан көрдө. Бука-
тын илистибэтэх. Көлөһүнэ да тахсыбатах. Андаатар
бэргэһэтин кыратык сэгэччи аспыт. Күлбүт. Хайдах
көрбөтөҕөй кини кэнниттэн тилэх баттаһан тахсыбыт
оҕотун? Бэйэтэ тыынын былдьаспыта оччо үлүгэр
буолуо дуо?

    — Кэннибиттэн испитиҥ дуо? — аҕа ыйытыах эрэ
туһугар ыйытта.

    — Ээ, суох. Мин онон… — уол сыыры кэтэҕинэн,
адьас намыһах сиринэн тахсар, уруккуттан чигдилии
тэпсиллибит хайыһар суолун диэки далайда. Уонна
хайҕатыах киһилии эбэн эттэ:

    — Эн иннигинэ тахсыбытым. Манан букатын сы-
тыары. Бэлэм суоллаах…

    Оҕото дьиктиргиэн иһин, аҕата кинини, кыра да
үчүгэйи оҥордоҕуна хайгыыр бэйэтэ, бу сырыыга
хайҕаабата. Ону ааһан, чахчы сөбүлээбэтэҕин бил-
лэрэн, көхсүн этиппэхтээтэ, били чигдилэммит ыл-
лыгы хараҕын кырыытынан көрө түһэн баран, түҥнэ-
ри хайыста.

    Уол буоллаҕына, аҕата тоҕо ахсарбатаҕын өйдүү
сатыы, үрдүк сыыры өрө ыттан тахсыбыт көбүс-көнө
саҥа суолу үктээбит буолуоҕун баҕаран кэллэ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Аҕа уола атын суолу булан тахсыбытын тоҕо ах-
       сарбатаҕын быһаарыҥ.

   2. Айымньы аатын болҕойуҥ: ханнык икки суол
       туһунан ааптар этэрин сабаҕалаан көрүҥ.

   3. Саҥа суол, бэлэм суол, чигдилэммит ыллык диэн

                                                                                                                     11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16