Page 6 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 6
тымныы ууну үрдүгэр саба ыһан, сыыры өрө сүүрэн
таҕыста.
Tүөһүн түгэҕиттэн эһитэ охсон түргэн-түргэнник:
«Микиитээ… Сыччыай, Микиитээ!..» — диэмэхтиир,
бүдүрүйэн охто-охто, сыыр сирэйинэн сүүрэкэлиир.
Онтон арҕастыы үүнэн лөглөйөн турар иирэ талаҕы
эргийэ көтөн эрдэҕинэ, уол саспыт сириттэн ойон
туран, балаҕанын диэки тэбиннэ. Үөһэ иирэлэр тө-
бөлөрө түрдэс гыннылар, хаппыт лабаалар тыастара
кумаланнылар. Микиитэ мэнигилээн олустаатаҕы-
на, ийэтэ чанчыгын тардаары эккирэтистэҕинэ, уол
таһы куотан тамаһыйан хаалар буолара.
— Билиҥҥиттэн ситтэрбэт эбээт! Бэйи, буруйгун
мунньан-мунньан баран, биирдэ муунталаһарбыт буо-
луо! — диэн сааныһыы буола-буола утары умнуллан
иһэр этэ. Ол үөрүйэҕинэн уол эрэллээхтик түһэн кэ-
бистэ.
Кумах суолунан кини уончата ойбото быһыылаах,
6