Page 4 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 4

— Тоойуом, эн дьиэҥ таһыттан ханна да барыма.
    — Барбаппын.
    — Мин Өлөксөйү эмнэрэн баран, билигин тах-
сыам. Дьиэбитин сыбыахпыт, сөп дуо?
    — Сөп.
    — Эбэҕэ киирэ сылдьаайаҥый…
    — Сөп.
    Микиитэ балаҕан кэннигэр coҕотоҕyн хаалла. Эбэ-
ҕэ киирэр — чыычый!
    Эбэлэрэ, киэҥ, холку Талба өpүc, балаҕаннарын
аннынан тэлгэнэ, нэлэһийэ уста сытар. Уҥуор хал-
лааҥҥа харбыаласпыт сис хайалар күлүктэрэ ууга
охсуллубуттар. Бэһиэлэйэптэр балаҕаннарын анны-
нан, хаһыллыбыт киэҥ аартыгынан киирдэххэ, Лэг-
лээрдэр быыкаайык тыылара тумсуттан иирэҕэ баа-
йыллан турар.
    Эбэҕэ киирэр — чыычый! Киирэн, тыыны көрө ох-
сон тахсыбыт киһи! Сүүрэн киирэн ыраахтан көрүөх-
хэ эрэ…
    Микиитэ тыытын аттыгар буолан хаалла. Бөлүүн уу
кэлбит. Тыы оргууй талбаарыҥныы турар. Талба ор-
тото томтойбут, күүстээх сүүрүгүнэн дьулуруйар. Кы-
тыыга иирэ хардаҥ сэбирдэҕэ оргууй эргичийэ устар.
Микиитэ атаҕын тумсунан иирэ сэбирдэҕин баһан
ылла. Атаҕынан ууну туора хаһыйбахтаата. Онтон со-
тотун ортотугар диэри кэһэн киирэн, төттөрү-таары
сүүрэкэлээтэ. Үлүһүйэн барда. Тыы тумсугар биллэҕэ
түһэн, биэтэҥнэтэ оонньоото. Тыы баайыылаах буо-
лан, аанньа биэтэҥнээбэт эбит.
    Микиитэ ойон туран, тыы баайыллан турар иирэ-
тин тааһынан илдьи сыста, тииһинэн көмүллээтэ. Ба-
лачча астаспытын кэннэ, тыыта дьэ босхолонон, үөр-
бүт курдук, сэгэс гына түстэ. Уол тыытын тумсугар
биллэҕэ түстэ да, биэтэҥнэтэн, төбөтүн уонна атаҕын

   4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9