Page 8 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 8
СЕМ¨Н ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
(1917—1978)
Мин аҕам
Кыра оҕо эрдэхпиттэн
Мин биир тыастан уһуктабын:
Өтүйэ, сүгэ үтүмэн
Тоҥсуйар чобуо тыаһыттан.
Ити эрдэһит мин аҕам
Күнү көрсөр музыката,
Миигин саҥа ырыаҕа
Ыҥырар күүстээх набаата.
Итинник бүппэт түбүккэ
Аҕам барахсан олоҕо
Тымныыга, ааска, күлүккэ
Ааһан эрэр дии, доҕоор.
Кини киһилии дуоһуйа
Биирдэ эмэ сынньаммытын,
Саатар кыратык уоскуйан
Холкутук олорбут сыллааҕын
Өйдөөбөппүн, билбэппин,
Дьоннортон да истибэппин.
Тайҕа хараҥа киһитэ —
Тыа дьонуттан биир атыннаах:
Үөрэҕэ суох бэйэтэ
Үйэтигэр үөрэх айдааннаах.
Уолаттарын — биһигини,
Үөрэх үөҕүллэр кэмигэр,
Үрдүк үөрэхтээри кини
Туруммутун бэркиһииллэр.
Кэччэгэйэ суох бэйэтэ
Кэм ааһарын кэмчилээччи,
8