Page 13 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 13
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Кү³х сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!
Ийэттэн т³рүүллэр
Генийдэр, геройдар,
Долгуннуу үксүүллэр,
Үүнэллэр норуоттар.
Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин
Илгэтин испиппит.
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Кү³х сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!
Хараҥа хаххалыа —
Күн ³һ³н барыарыа,
Былыты тыал ыһыа —
Күн күлүм чаҕыллыа.
Оҕотун сор булуо —
Ийэҕэ күн ³һү³,
Оҕото дьоллонуо —
Күн курдук күлүмнү³.
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Кү³х сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!
Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир.
13