Page 10 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 10
2. Аҕа барахсан өтүйэтин тыаһын бэйиэт туохха-
туохха, тоҕо тэҥнэтэлээбитин ырытан быһаарсыҥ.
3. Саамай сөбүлээбит үс-түөрт строфаҕытын талан
өйтөн ааҕа үөрэтиҥ.
СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
(1922—1993)
Икки суол
Аҕалаах уол — биэс уончатыт-
тан тахсыбыт, өссө да бөҕө-та-
ҕа быһыылаах аҕамсыйбыт киһи
итиэннэ уон алталаах-сэттэлээх
хороччу улаатан эрэр уолчаан —
хайыһар тэбэн иһэллэр. Уол ар-
дыгар аҕатын ойоҕолуур, арды-
гар кэнниттэн батыһар.
Иннилэригэр үрдүк сыыр кө-
һүннэ. Аҕа, сыыры туһулаан,
хайыһарын сыыйылыннары тэ-
бэрин түргэтэттэ. Сыыр тэл-
лэҕэр тохтообокко, атын эргийэ суоллары батыспак-
ка, бэйэтэ сабыс-саҥа суол тэлэн өрө дабайда. Өр
дабайда. Аҕылаата. Хайыһара, хаарга батары түһэр
буолан, кэнникинэн ыараан барда. Мап-маҕан кы-
рыа кыламанын, аһын саҕатын туртатта. Ол да буол-
лар кыаҕын баһыйтара быһыытыйбытын оҕото кө-
рүөн баҕарбата. Тэтимин бытаардыбакка, дьулурҕа-
тык таҕыстар тахсан истэ. Ыттыахха табыгастаах
арыый сырыынньа сири көрдөөбөккө. Көбүс-көнөтүк.
Ыппыт ох курдук.
Күүһэ бараныахча буолан иһэн, дьэ, сыыр чабыр-
ҕайын булла. Түргэн-түргэнник тымныы салгыны
эҕирийбэхтээн тыын ылла. «Үөрүйэҕэ суох муҥнаах
илиһиннэҕэ» диэн аһына санаан, оҕотун көрөөрү
10