Page 9 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 9
Күн аайы, өрүү тиэтэйэ:
— Күн ыраатта! Иэдээн, — диэччи.
Аҕам хотуурун ырыатын,
Кыраабыла кырбыытыырын
Өйдүүллэр умнубаттык
Өлүөнэ, Сиинэ кытыллара.
Алдан суорба хайалара
Олус сэргиир буолаллара
Аҕам сүгэтэ хабыргыырын,
Хойгуота ынчыктыырын.
Үгүс оскуола, балыыһа
Үрдүк аххан өһүөлэрэ
Өтүйэтин дүрбүөн тыаһын
Иҥэрэн аххан турдахтара.
Истиий ити тэбиэһирэр,
Ахсым аттыы битийбэхтиир,
Эрдээх сүрэх буолан тэбэр,
Аҕам чобоо өтүйэтин.
Арыт көрдөөх, арыт курус,
Арыт бардам ырыаларбын
Саҕалыыбын эбээт куруук
Ити тыыннаах музыкаттан.
Өтүйэ, сүгэ хоһууннук
Өрүскэлэһэ туруута,
Санаабар ордук ыпсар курдук
Сайдам ырыам тахсыыта.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт аҕатын туһунан бу истиҥ, иһирэх хоһоо-
нуттан тугу биллигит? Аҕа хайдах майгылаах,
туох үлэлээх киһи эбитий?
9