Page 5 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 5
ууга олбу-солбу укпахтаан чомполоммутунан барда.
Сайгылдьытан, үчүгэйэ бэрт!
Онтон хараҕын кырыытынан көрбүтэ — айан суола
оргууй талбаарыйан, тэйэн эрэр эбит. Уол, кутта-
нан, дьүккүйэн кэбистэ да, төбөтүн оройунан барда.
Coҕoтoxтo тыбыс-тымныы, күп-күөх буола түстэ. Өрө
тарбачыһан эрэрэ да, биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, кы-
тыыга тахсан, кумаҕы батыччы харбаан сытар эбит.
Олоро түстэ, ол-бу диэки көрүтэлээтэ.
Тыыта, тумсунан-ойоҕоһунан буолбахтыы-буолбах-
тыы, үөскэ киирэн, устан даллайан эрэр. Арҕаалаабыт
күн сардаҥата охсуллан, Талба ортото биир сиринэн
ньолбоччу сырдык толбонунан оргуйан бырдьыгыныы
турар. Тыы, онно тиийээт, маҥнай ойоҕоһо күлүм гын-
на, онтон бүтүннүү умайан күлүбүрээбитинэн барда…
— Микиитэ-э! — сыыр үрдүгэр ийэтин ыгылыйбыт
хаһыыта иһилиннэ.
Уҥуор өрүтэ үөмэхтэһэн турар сүдү хайалар: «Ким
даа?» — диэн дириҥник сөҥөдүйэн кэбистилэр, бэ-
тэрээ эҥээртэн чараас тумул тыа: «Бу баар!» — диэн
улгумнук өрө чаҕаарыйа түстэ. Микиитэ үрдүк кытыан
от быыһыгар түһэн хаалла.
Сыыры таҥнары сүүрэр чэпчэки атах тыаha иһи-
линнэ.
Сөдүөччүйэ, тыы турбут сиригэр кэлэн, биирдэ
чугурус гынна. Онтон, оҕотун сүтэрбит таба, салгы-
ны сытырҕалыы турарын курдук сэгэйбэхтээн, тула
хайыспахтаата. Ыраах харааран эрэр тыыны көрөөт,
дьигиһис гына түстэ. Ыраас харахтарын кэҥэттэр-
кэҥэтэн, дьиэгэниччи көрдө. Иҥсэлээхтик, нэмий-
дэр-нэмийэн, салгыны эҕирийбэхтээтэ. Онтон соҕо-
тохто ууга ыстанан кэбистэ, сырдык таммахтар өрө
ыһылыннылар. Уу түгэҕин суптурута көрүөлүү-көрүө-
лүү, икки илиитин иннин диэки ууммутунан, төттөрү-
таары сүүрэкэлээтэ. Онтон уолун быһа үктүү сыһан,
5