Page 7 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 7
ийэтэ саба сүүрэн кэлэн, aҥаap илиитинэн туора
харбаан ылла да, туохтан эрэ былдьаан куотан эрэр
киһи курдук, сыыры өрө сүүрэн таҕыста. Сыыр үрдү-
гэр таһааран оҕотун туруоран кэбиһээт, сиргэ лах
гына олоро түстэ.
— Ийаа, тыы бэйэтаа!.. — уол быһаарсыах курдук
буолан иһэн, ытаан марылаан барда.
Ийэтэ бобо кууһан ылла. Хараҕын кытаанахтык
быһа симнэ уонна, оргууй биэтэҥнии-биэтэҥнии,
ботугуруу олордо:
— Тыы бардыын-бардын ууга!.. Бардыын-бардын
бэйэтэ!..
Өр олордулар быһыылаах. Микиитэ нухарыйан
барда. Онтон ийэтин саҥатыттан уһуктан кэллэ.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсээни болҕойон ааҕыҥ. Кыракый Микиитэ
туох быһылааҥҥа хайдах түбэспитин сиһилии
кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
2. Кэпсииргитигэр ийэ барахсан иэйиитин эгэлгэ-
тин: сэрэтиитин, кутталыттан айманыытын, оҕо-
то быыһаммыт үөрүүтүн айымньы тылын туһа-
нан тиэрдэргэ кыһаллыҥ.
3. Оҕо уонна ийэ тыы туһунан этиилэригэр туох
санааны сэрэйиэххэ сөбүн быһаарсыҥ.
4. Амма Аччыгыйа ахтыытыгар уонна бу айымньы-
га маарыннаһар түгэни булуҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Айымньы геройдара эбэ диэн Талба өрүһү аат-
тыыллар эбит. Тоҕотун быһаарарга холонуҥ. Оттон
аал уоту туох диэн ааттыылларын истибиккит дуо?
7