Page 3 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 3
Уус-уран литература
Олох туллар тутаахтара
НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ МОРДИНОВ—АММА АЧЧЫГЫЙА
(1906—1994)
…Мин бэйэм, ийэм-аҕам түөрт
оҕолоро бары өлбүттэрин кэннэ
төрөөн бараммын, өлбөккө хаал-
быт үрдүк өҥөлөөх буоламмын,
атаах оҕо этим. Ол эрээри мэ-
нигим олустаатаҕына, ийэм син
баттахпыттан тардан, санныбыт-
тан сахсыйан уоскутар буола-
ра. Айыыбын-буруйбун билинэн,
ийэбин ааттаһан, иккиэн тэҥҥэ
үөрэрбит-көччүйэрбит. Туох сол-
буйуо буоллаҕай төрөппүт ийэ
барахсан истиҥ сыһыанын, эйэҕэс иитиитин!
(Амма Аччыгыйа ахтыытыттан)
Ааҕыы, ырытыы
Ийэ
(«Сааскы кэм» романтан)
Микиитэ эһэтэ туһахтарын көрө барбыта. Ийэтэ,
балаҕанын сыбыы сылдьан, Өлөксөй ытаабытыгар
дьиэҕэ киирэрэ буолла.
3