Page 14 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 14

Күндүттэн күндүнү,
                    Кэрэттэн кэрэни,
                    Кү³х сирэм сир күнүн —
                    Таптыаҕыҥ ийэни!

                         Эн Ийэ дойдугун,
                         Ийэҕин таптыыр буол,
                         Оҕоҕун-уруугун
                         Ийэлии иитэр буол!

                    Ханна да бардаргын —
                    Ыл ийэҥ алгыһын,
                    Ханна да буолларгын —
                    Ийэҕин эн аҕын!

                         Күндүттэн күндүнү,
                         Кэрэттэн кэрэни,
                         Кү³х сирэм сир күнүн —
                         Таптыаҕыҥ ийэни!

                     НИКОЛАЙ САВВИЧ ТАРАБУКИН
                                    (1910—1950)

                          Ийэм кэпсиирэ

                                  Биһиги, аҕабыт баар эрдэҕинэ,
                              эрэй, аччыктыыр диэни билбэт
                              этибит. Туох да муҥа-таҥа суох,
                              син ой-ботуо олорбуппут. Көһөр
                              сахха, дьоннорбутун кытта биир-
                              гэ тутуспутунан сылдьарбыт. Хас
                              сайын ахсын тааска, чыыстайга
                              тахсан сайылыырбыт. Эн аҕаҥ,
                              дьэ, байанайдаах булчут этэ. О,
                              дьэ, чубуку, таарбаҕан бөҕөнү
                              бултуура. Кини булууланан кэл-

14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19