Page 17 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 17

Эһэлээх эбэҥ хардарыта, икки илиигиттэн тута
сылдьан, үҥкүүлэтэн даллаҥнаттылар. Ол түүн эйи-
гин эбэҥ илдьэ сыппыта. Түүн эбэҥ эмиийин эмээ-
ригин соһуппут этиҥ. О, дьэ, эн эминньэх да эмин-
ньэх этиҥ. Ол иһин биһиги эйигин Эминньэх диэн
ааттаабыппыт.

                                                  Г. М. Васильев тылбааһа

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Ийэ кэпсээнинэн сирдэтэн, көс ыал булчут аҕа-
       тын туһунан сэһэргэһиҥ. Эһэлээх эбэ сиэннэригэр
       тапталларын болҕойон ааҕыҥ. Бэйэҕит эһэҕит эбэ-
       тэр эбэҕит туһунан кэпсээҥ.

   2. Эбээн көс олоҕуттан тугу билбиккитин сэһэргэ-
       һиҥ.

         Тылбытын байытабыт
        Тордох — көс дьон сарыы бүрүөһүннээх ураһалара.
   Эбээннии дьүү (дю) эбэтэр илуму диэн ааттыыллар.
        Чыыстай — бөдөҥ маһа суох, ыраас үрдүк таас сир,
   дьааҥы. Көс омук табаны бырдахтан күрэтэн чыыстай-
   га сайылыыр.

                                                                                                                     17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22