Page 20 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 20

3. Эн — омуннаах олоҥхо оҕото, ытык ыччата буо-
       ларгын дакаастаа.

         Тыыннаах тыл

        Өйтөн хоһоонноохтук ааҕарга үөрэтиҥ.

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

       «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» диэн тиэмэҕэ өйтөн су-
   руй.

   СЕМ¨Н СТЕПАНОВИЧ ЯКОВЛЕВ—ЭРИЛИК ЭРИСТИИН
                                      (1892—1942)

                                   Төһө да сэниэ ыал буоллал-
                               лар, Яковлевтар оҕолорун хан-
                               на да үөрэттэрэ биэрбэтэхтэрэ.
                               Семён ол да үрдүнэн, сүрэх ба-
                               ҕатынан, бэйэтэ сылдьан эрэн,
                               чугас уруута Старостин Г.Д. уон-
                               на нэһилиэк үөрэхтээх киһитэ
                               Егоров Ф.М. көмөлөрүнэн ааҕар,
                               суруйар буолбута. «Кинигэ суоҕа
                               бэрт буолан, өлбүт дьон уҥуох-
                               тарын тааһыгар суруллубут су-
                               ругу элбэхтик ааҕар этим диэн
миэхэ кэпсиирэ», — диэн Чурапчы олохтооҕо Ма-
каров Е. А. ахтар. Оттон Семённыын бииргэ иитил-
либит Яковлев И. Я.: «Мин Сэмэҥҥэ тымтык тутан
биэрэрим, оччоҕо кини туоска чоҕунан буукуба су-
руйара, ол курдук киэһэ хойукка диэри олорон, арыт
дьоммутуттан мөҕүллэрбит», — диэн кэпсиир. Итин-

  20
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25