Page 24 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 24
тэрдээх, ыылаах-дьаардаах сытынан аҥылыйа ту-
рар киэҥ хотон түгэҕэр биир борооску: «Хачыгыр,
кэл!» — диэх курдук, маҥыраан эҥээриттэ.
— Ии-и! Чыычаахпын да… Чаппараах уола маҥы-
рыыр ээ… — диэн баран, күөрэ-лаҥкы буолбут хо-
тон муостатын үрдүнэн ойуолаан тиийэн, хоту эр-
киҥҥэ сыһыары тутуллубут долборукка кэккэлэччи
баайыллыбыт борооскулар тохпут отторун харбаан
ылан, илиитинэн ииги-сааҕы ыраастаан, долборук-
тарыгар уган биэрдэ, эриэн оҕус борооскуну сүүһүт-
тэн сыллаата.
— Тоҕойуом! Мин тиэтэйэн сылдьабын, аны эн
миигин ыҥырыма! — диэн, баһыттан имэрийэн ба-
ран, төттөрү ойон кэлэн, дьиэҕэ тахсар халҕаҥҥа
сыста түһэн, иһиллээн көрбүтэ: им-дьим, арай оһох
уота чачыгырыыр. Онтон дьэ, тааһыгар кэлэн, сал-
ҕааһын дүлүҥ олох маһыгар ыттан, даардатыгар сы-
гынньах иһинэн ыга анньыллан туран, тиэтэйэ соҕус
икки өттүнэн өрүтэ мөҥүөллэҥнээн, арбайбыт бат-
тахтаах төбөтүнэн хоккулла-хоккулла, бурдугун тар-
дан барда. Тааһы иккиһин курууппалаппат баҕаттан,
нэмин билбит киһи быһыытынан, аалан тарда тур-
даҕына, өйүгэр ааспыт олоҕуттан бэрт элбэх санаа-
лар сүүрүк буолан устан ааһан истилэр.
II
Кини Кыбыттар диэн мантан икки көстөөх сис ор-
тотунааҕы кыараҕас алааска үөскээбит. Бу кыараҕас
алаас хоту халдьаайытын үрдүгэр кини эһэтэ, аҕата,
хара тыаны солооннор, хас да дал оннун саҕа өтөх-
төөх этилэр. Ол өтөх арҕаа тыатын саҕатыгар, уот
сиэбит хоруолаах төҥүргэстэрин ортотугар, хоспох
саҕа сыһыары хотонноох, хотон, дьиэ икки арды-
ларынан соҕотох ааннаах, аҥаар муннугунан сыбах
оһохтоох, эркинигэр чуолҕан саҕа иккилии түннүк-
24