Page 27 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 27

ынахтарын үрдүгэр чөмөхтөөн, ытаһа-ытаһа, уматан
кэбиспиттэрэ.

    Онтон сотору соҕус буолан баран, Тураҥнаах үрү-
йэттэн кэлэр суол устун, биир көмүс ыҥыырдаах,
оһуордаах саппыйаан кычымнаах, күөх элэмэс аты
мииммит, ыыс-араҕас хааннаах, мааны таҥастаах
тойон киһи, дьоруонан дайдаран кэлэн, балаҕанна-
рын айаҕар түспүтүгэр, Хачыгыр Чооруостуун, ти-
тиик иһигэр түһэн хаалан бараннар, мас быыһынан
көрөн турбуттара. Тойон, атын сиэппитинэн ырҕар-
даан тиийэн, көмүстээх дэйбиирин угунан балаҕан
айаҕын тоҥсуйар. Аҕалара, ыалга бардаҕына кэтэр
саҥа торбос сонун кэтэн, тараҕай сүүһэ мэлэйби-
тинэн тахсан кэлэн, тэйиччи быар куустан туран:

    — Тойонуом, дорообо! — диэн тоҥхоҥнуур.
    — Били ампаар охсон биэриэх буолан адьынан
ылбыт үпкүн төрүт умнан кэбистиҥ дуо? — диэн
тойон ньиргиэрдээх суон куолаһынан доргутар.
    Аҕалара, икки сыллааҕыта Бачыгыратар Баһылай
диэн быыпсай кинээстэригэр икки хостоох нуучча
дьиэтин тутан бүтэрэн иһэн, тобугун силгэтин сү-
гэнэн охсон кэлэн, сылтан ордук босхоҥ буолан
сыппытын өйдүүр этилэр.
    — Тойонуом! Ыал аатыттан аастым, биир бастыҥ
ынаҕым «эбэҕэ» өллө, соҕотох ынахтаах хааллы-
быт. Уонна мин сүүрбэ солкуобай ылбыппар күһүн-
нээх саас туруору үлэлээн, ампаары бүтэрэн иһэн
дэҥнэммитим ээ… Онон ааҕыстахха, кыра да соҕус
ылардаах буолуоҥ ээ… — диэн, аҕалара тоҥхоҥ-
ноон эрдэҕинэ, тойон үөхсүбүт саҥата уотунан ума-
йа түһэн баран, дэйбиирин угунан үлтү сынньан
барбыта. Ол курдук охторо сылдьан дэлби кырбаан,
сөп буолан, атын миинэн, ырҕалыта турбута.
    Аҕыйах хонон баран, Үрдүк Өлөксөй диэн, аҕала-
рын ууһун дэһээтинньигэ кэлэн, тойон иэһигэр соҕо-

                                                                                                                     27
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32