Page 29 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 29
илин аһа кыырыктыйан эрэр эмээхсин, Хачыгыр
диэки эргиллэн көрөөт, хаһааҥҥыттан эмэ өстөөҕүн
көрбүт курдук, дьэбидис гына түстэ. Хачыгыр буол-
лаҕына, туох да наадата суох эрээри бу оһоххо кэ-
лэн өйөнө түспүт буруйун сабынаары, икки өттө хо-
руо буолбут, уокка турар улахан алтан чаанньыкка
чох тардан биэрдэ. Бу сүрдээх-кэптээх эмээхсин,
кини хотуна, Күтүр Көстөкүүн ойоҕо, Кэччэгэй Кэ-
тириинэ диэн, суоһунан-суодалынан аакка киирбит
киһи буолар.
— Хайа, бу «тойоммут» тыыннаах эбиккин дуу?
Бүгүн дьиэҕэ быгыа суох буолан андаҕайбыт буол-
лаҕа диэбитим, дьэ быктыҥ дуо? — диэн эмээхсин
Хачыгыры таныйбытынан барда.
— Эбээ! Хачыгыр эн саҥарбыккар ымаҥнаан кү-
лэ турар, — диэн Хачыгырдааҕар уҥуоҕунан улахан,
оттомо суох чолбоодуйбут харахтаах, сэнэх таҥас-
таах уол, дьиэ ортотугар олоппоско олорон, быһа-
ҕынан маһы кыччайан оонньуу-оонньуу, Хачыгыры
хобулаан биэрдэ.
— Ити… киһи күлүүтэ суох туруо дуо? Арба,
Баллыгыр «кинээс» оҕото «куһаҕаттары», биһигини,
элэктээминэ… Итиннэ дьөлө тимирэн туруоҥ дуо,
муускун киллэрэн уулаамына!
Хачыгыр, төһө да тымныыттан дьулайбытын ин-
нигэр, туруо дуо, оһоҕу кэннинэн эргийэн, буруй-
даах киһи быһыытынан тиийэн, чэҥи-мууһу ытырбыт
холуодатыгар хам тоҥмут халҕаны төлө анньарын
кытта, ахсынньы ыйдааҕы аан туман сыгынньах түө-
һүгэр өрө кэтиллэ түстэ. Хачыгыр, били хамсаттаҕы-
на буруйданар сымыһаҕын быһа ытыран, хаһан да
синим биир диэбиттии, тымныы туманы сыгынньах
түөһүнэн тоҕо ааҥнаан, таһырдьа мүччү ойон таҕыс-
та. Хаары бүрүнэн, таҥнары сабыдыспыт тииттэр
быыстарынан ахсынньы ыйдааҕы өлбөөдүйбүт күн
29