Page 33 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 33

Хачыгыр, урут хотун ыҥырыытынан уһатан бар-
даҕына, бииртэн куоттаҕына, ол иннигэр хаста да
уҥан тиллэрэ.

    — Хотон айаҕын мээнэ аһан кэбиһэллэр дии…
    — Кэл диэтим!
    — Оттон, Чөрөөкүйэни баайа турдахпына, Саа-
дьаан тиийэн…
    — Өссө кэлбэккэ тураҕын дуо?!
    — Оттон Саадьаан санаата туолуо буоллаҕа…
    Оһох хаҥас чанчыгынан икки-үс хардыыны иннин
диэки бараат, уот иннигэр олорор хотун, илиити-
гэр кылгас уот анньар маһы туппутунан, икки эҥил
баһынан өрө дьигиһийэ олорорун көрөн, дьик гына
түстэ. Кини ити курдук дьигиһийдэр эрэ, Хачыгыр
аанньа буолбат этэ.
    — Хотунуом! Ааттаһабын-көрдөһөбүн…
    — Өссө халлыгырыы тураҕын дуо?!
    Хачыгыр, «уруккуттан охсор сириҥ бу баар» диэх-
хэ айылаах, икки чэчэгэйин хам туттан, охсулларга
бэлэм гына төбөтүн төҥкөппүтүнэн, эрдэттэн үлэтин
бүтэриэх курдук, сыҥсыйан ытыы истэ. Онтон Хачы-
гыр хараҕыттан кыымнар бырдаҥалыы түстүлэр…
Хачыгыр оҕунна:
    — Абытай… Айыкка, айыккыы!
    — Аны… аны кэйдэриэҥ дуо, ээ? — хотун хойуу
куолаһа баргыйдаҕын аайы, мас тыаһа битиргиир.
Хачыгыр, хонууга бырахпыт собо курдук, иэнинэн
лаһыйара мөлтөөн, ытыыра бөлүөстэн барда.
    — Бу мас сыта ньулуун дуу, аһыы дуу? — эмээх-
син маһын Хачыгыр муннугар дугдуруйар.
    Эмээхсин маннык дьикти-дьиибэ ыйытыыта уура-
йаары гыммыт бэлиэтэ этэ.
    — Тур, киэр буол!
    Хачыгыр мөхсүбүтүнэн ат буола түспүтэ, кулгаа-
ҕын тыаһа чуҥ гына түстэ уонна сир үрдэ, хаан буо-

                                                                                                                     33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38