Page 36 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 36
нусхас гынна. Бачыгыратар итинэн бүппэтэ, оһох
чанчыгар кыстана сытар хардаҕастартан биир хар-
даҕаһы сулбу тардан ылан, суол ааныгар тиийэн,
буруйун билинэн эккэлии турар ыты сиһин орто-
тунан курбуулаата. Ыт буоллаҕына, киһи мэйиити-
гэр хатаныах курдук сып-сытыытык часкыйа түһээт,
баҕалыы түөһүнэн сыылан хаалла.
Бүгүҥҥү кытаанах үлэтин бүтэрэн, атах ороҥҥо
сытар хамначчыт оҕонньор, Айгылла Бүөтүр, «аны
бу алдьархай миигин таарыйыа» диэбиттии, өндөйөн
Хачыгыр диэки көрөн кэбиһэн баран, тугу да билбэ-
тэх-көрбөтөх киһи быһыытынан, түнэ сонун бүрүнэ
тардынан кэбистэ.
— Бэйи эрэ, бу киһи тохтоо! Хайа, тыл-өс буо-
лаарай? — диэн баран, Күтүр Көстөкүүн холтуунун
олоппоско топ-топ тоҥсуйан кэбистэ.
— Буоллун, — Бачыгыратар уһуутаабытынан, уҥа
ороҥҥо баран, лык гына олоро түстэ.
— Хара түөкүн, баайыллан били манныгы ылаа-
ры, хорум, дьиэ ортотугар тыыллан сыт эрэ. Ыл,
тур, киэр буол! — хотун, оронун анныттан Хачыгыры
таһыйар анал маһын сулбу тардан ылан, куттана-
рыттан ааспыт Хачыгыр үрдүгэр алтахтаан тиийдэ.
— Чэ, тур, киэр буол диибин ээ! — дии-дии,
Хачыгыры, тырыттыбыт даба ырбаахытын саҕатыт-
тан ылан, илгиэлии туран, муннуттан-уоһуттан хаана
барбыт, хайыы-үйэҕэ кубарыйан хаалбыт сирэйин
көрөн:
— Бабат-татат, өлбүт. Атын күтүр… — диэн, өмү-
рэн бабыгыраата.
— Өллүн!.. Өллүн!.. — кыыһырбыт тойон Бачыгы-
ратар үрүт-үрдүгэр хаһыытыы олордо.
— Ар-дьаалы, ити ыккын баҕас тоҕо өлөрдүҥ!
Бэрт ымыылаах ыт этэ. Хайа, ити Хачыгыры даҕа-
ны тыл оҥордохторуна, тыл аата тыл буолаарай?..
36