Page 40 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 40

3. Хачыгыр булугас, сатабыллаах оҕо буоларын
       айымньы тылынан дакаастааҥ.

   4. Кэччэгэй Кэтириинэ саҥатыттан кини майгытын,
       сиэнигэр уонна Хачыгырга сыһыанын быһаарыҥ.

   5. Кэпсээҥҥэ тирэҕирэн «топпут дьон», баайдар, си-
       гилилэрин арыйан кэпсээҥ. Онно тэҥнээн Хачы-
       гыр аһыныгас, көмүскэс майгытын арыйар тыл-
       лары булуҥ.

   6. Хачыгыры тоҕо атыыр оҕус анныгар бырахтылар?
   7. Айымньы дьоруойдарын ааттарынан суруйааччы

       тугу этэрин кэпсэтиһиҥ.
   8. Ааптар Айгылланы кэпсээҥҥэ киллэрбэтэҕэ буол-

       лар, айымньы итэҕэс курдук көстүө этэ дуо? Эри-
       лик Эристиин Айгылла уобараһынан тугу этэрий?
   9. Хачыгыр маннык ыар дьылҕаламмытыгар ким
       буруйдааҕый?

         Тыыннаах тыл

        Айымньы биир дьоруойугар сурукта суруйуҥ.

         Тэҥнээн көрүү

        Кэпсээн хаһааҥҥы кэми көрдөрөрүй? Ол туһунан
   тугу билэҕит? Бүгүҥҥү олохпутун кытта ситимнээҥ.

                           УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

       Бу быһа тардыылар тустарынан санааҕытын этиҥ.
       Ойуулааһыннар дьоруой майгытын туһунан тугу
   этэллэрий?

    «Сүүһүгэр кус сымыытын саҕа бөлтөйбүт урдаах,
хаҥас хараҕар, оҕо ытыһын курдук, күөх мэҥнээх,
ойоору олорор баҕа буутун курдук, сантаҕар та-

  40
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45