Page 39 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 39

тиийэн, били ыты быһа охсубут маһын сулбу тардан
ылар.

    — Бэйи, тойонуом!.. Андаҕайабын… Андаҕайа-
бын… — Айгылла, ойон туран, уҥуоҕа хамсыы-хам-
сыы, кириэстэммитинэн барда… Андаҕайан бүппү-
түн кэннэ:

    — Кэл, нохоо! Бу биир хамса табах баар, маны
тарт! — диэн хотуна табах «күндүлээтэ».

    Хачыгыр туһунан кэпсэтии итинэн бүттэ. Сар-
сыҥҥытыгар:

    — Көстөкүүн оҕонньордоох саах күрдьээччи уол-
ларын атыыр оҕус кэйэн кэбиспит. Барахсаттар саах
күрдьээччитэ суох хаайтарбыттар үһү, — диэн кэп-
сээн улахан кинээстээххэ тиийбит. Оттон Кэччэгэй
Кэтириинэ уолун Бачыгыратары: «Саах күрдьээччи-
тэ бул», — диэн сулуйар буолбут.

         Тылбытын байытабыт

        Чүөччэр — 1. Туохтан эмэ быһыллыбыт кыра тө-
   гүрүк. 2. Диал. Киһи баттаҕар кыракый тараҕай.

        Амынньыар — хаппыт ньыыраайы лабаа.
        Чурумчу — тугу эмэ сиэтэргэ, соһорго аналлаах
   тиэрбэс тутаах. Оҕус чурумчута.
        Кумалаан — 1. Үүнэн турар мас көҥдөйө. 2. Былыр
   үбэ-аһа быстан уонна үлэни кыайбат буолан, нэһилиэк
   иитимньитигэр киирбит киһи.
        Үөһүн тартарар — улаханнык өрүтэ тыына-тыына
   бөтөр курдук саҥа таһаарар (күүскэ ыалдьыбыт киһи).

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Кэпсээнтэн ханнык түгэни ордук өйдөөн хааллы-
       гыт?

   2. Хачыгыр дьонун кытта олорбут көҥүл олоҕо туох-
       тан сылтаан уларыйбытын быһаарыҥ.

                                                                                                                     39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44