Page 41 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 41
ныылаах, тэллэриттэҕэс уостардаах, буоспалаабыт
эбирдээх сирэйдээх, хаһата түһэҕэр халыйан түс-
пүт, илин аһа кыырыктыйан эрэр эмээхсин»;
«… уҥуоҕунан улахан, оттомо суох чолбоодуйбут
харахтаах, сэнэх таҥастаах уол»;
«… өргөс курдук турулуччу көрүтэлээн, алтан тэ-
риэлкэ курдук малаҕар сирэйэ дьэбидийэн, уҥа
ороҥҥо туоллан олордо».
! Өйдөө, болҕой
Мэтириэт — уус-уран айымньыга суруйааччы дьо-
руой тас көстүүтүн, дьүһүнүн, таҥаһын-сабын ойуулаа-
һына ааттанар.
Аахпыт айымньыларгытыгар дьоруой мэтириэтин
ойуулааһыны булуҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
НИКОЛАЙ ГАВРИЛОВИЧ ЗОЛОТАР¨В—ЯКУТСКАЙ
(1908—1995)
Хаҥкы
Сааһыары күн уһаабыта, кү-
нүс ылааҥытыйар буолбута. Со-
тору оскуолабыт хоруобуйатыт-
тан таммах таммалаабыта. Торой
хайатын чочоҕор төбөтө хаар
бэргэһэтин устубута, суол чиг-
дитэ килэрийбитэ. Оскуолабы-
тыттан өрүскэ түһэр суолунан,
ким эрэ хаптаһыҥҥа олорон ба-
ран түһэ оонньообута. Онно кө-
41