Page 38 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 38

Хачыгыры, синньигэс биилиттэн кууһан ылан, сан-
ныгар биллэҕи быраҕан, хотоҥҥо киирдэ. Айгылла,
хотон иһигэр киирээт, икки хараҕын уутун хаҥас ха-
рытынан туора соттон, көхсүн этитэн кэбистэ. Улахан
саадьаҕай оҕус аттыгар илдьэн, Хачыгыры, ыалдьыа
диэн сэрэммит курдук, муостаҕа ууран, тымтыгын
хоруотун тосту тутан, уотун сырдатан баран, боту-
гуруу турда:

    — Тукаам, Хачыгыр! Миигиттэн хоргутума. Мин
туох да буруйум суох. Ол дойдуга, кырдьыгы көрөр
дойду буоллаҕына, бу кэбилээбиттэрин үҥсээр… —
баҕар, иһиллээн тураллара буолуо диэбиттии, дьиэ
аанын диэки кылап гына көрөн кэбистэ уонна атыыр
оҕус диэки дубук тардан кэбистэ. Атыыр оҕус атты-
гар сытар хас да сүөһү соһуйан ойон турдулар, от-
тон атыыр оҕус сиргэнэн, муостаны үлтү лүһүгүрэ-
тэн, эркиҥҥэ өттүгүнэн сигэнэ туран кэбистэ.

    — О, бырастыы, уоспадьы! Дьадаҥы диэн сор
да буолар эбит, — Айгылла кириэстэнэн кэбиһээт,
ынахтар быыстарынан дьиэ диэки бара турда. Дьиэ-
ҕэ тахсан кэлбитэ — Бачыгыратар, оронун оҥостон
баран, сыппакка кэтээн олорор эбит.

    — Түөкүн! Дьэ тойонум киһини өлөрдө диэн
дьоҥҥо баҕырҕаан көрөөр эрэ!

    — Ээ, тойонуом! Тоҕо кэпсээтэхпиний… эчи миэ-
хэ туох буолуой…

    Бачыгыратар туран, долбууртан тымтык ылан ума-
тан, таҥара холоругар кэлэн кэрийэ көрөн, талан-
талан биир көмүс таҥара иннигэр чүмэчи уматта.

    — Чэ, кэл! Дьоҥҥо кэпсиэм суоҕа диэн андаҕай!
    — Тойонуом! Андаҕайбатахпына даҕаны, туох буо-
лан кэпсиэхпиний…
    — Өссө андаҕайымаары гынаҕын дуо? Ити буол-
лаҕына… — Бачыгыратар, аан диэки харбыалаһан

  38
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43