Page 34 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 34
лан, тараахтанан, сыыйыллан көһүннэ. Ыҥырҕаан,
ынчыктаан ытыы-ытыы, ат буолан, бэйэтин уйаты-
гар, оһох кэннигэр, тиийдэ. Оһох кэннинээҕи ходуул
үрдүгэр биир хах тэлгэх быраҕыллыбыт, муннуга
чэҥинэн бүрүллүбүт орон үрдүгэр бүк түһэн сытан,
арыычча хараҕа сырдаан кэллэ уонна, ытыырын
кыатанаары, мунньа-мунньа үөһүн тартара* сытта.
Бу сытан көрдөҕүнэ, таһыттан тымныы салгын
сотору-сотору өрө тэбиллэн киирэн, дьиэ иһигэр
халаан уута буолан уһунна. Үрдүк арҕастарыгар үл-
лүктүү саал былааты эриммит, эҥин араас ыгдаччы
таҥныбыт хас да эр дьон киирэн, кырыарбыт үтү-
лүктэрин атахтарыгар тэбээн, сыгынньахтанан, уҥа
көхөнү толору таҥастарын ыйаан кэбиһэ-кэбиһэ, уот
иннигэр, олоппоско кэлэн, олортолоон кэбистилэр.
Саҥаларыттан иһиттэҕинэ, биир кини тойоно Күтүр
Көстөкүүн саҥата бурдургуур, оттон биирдэрэ буол-
лаҕына, Күтүр Көстөкүүн уола Бачыгыратар Баһы-
лай саҥата иһиллэр. Бачыгыратар Баһылай ойоҕо
Ыйдаҥа Ылдьаана, сылы быһа сэллик буолан сы-
тан, ыарыылата-ыарыылата Хачыгыры сор бөҕөтүн
сордообута. Оттон кини өлбүтүн кэннэ, ол сор-муҥ
хайа да өттүнэн чэпчээбэтэ, син биир оннунан хаал-
ла. Балары барытын саныы сытан, Хачыгыр, төһө да
быһыта сынньыллыбытын, төбөтө итий-итий гыммы-
тын иннигэр, төһө да аччыктаан куртаҕа курастый-
бытын иннигэр, утуктуура баһыйан, тоҥоруттан ыт
курдук түүрүллэн, дьигиһийэ-дьигиһийэ, утуйан бар-
быта.
IV
Төһө өр бу курдук сыппытын билбэтэ. Арай биир-
дэ уһуктан кэлбитэ — уҥа остуолга сыа чүмэчи
бүдүк-бадык умайбыт, хайыы-үйэ аһаан туран эрэл-
лэр эбит. Кини, уот кытыытыгар көстүөҕүн төһө да
34