Page 35 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 35

куттаммытын иннигэр, аччыга кыһарыйан, тыаһа
суох туран, оһох чанчыгар тиийэн, уот сырдыгар
көстө-көстүбэт илиитин уокка сарбаҥнатта. Иһигэр
аһатаайаллар диэн, кэтэһэ саныы турда да, туох да
биллибэт. Күтүр Көстөкүүн, сибилигин аҕай аһаан
бүтэн, икки ньилбэгиттэн тайана-тайана алтахтаан
туран, күрүлэччи уһуннук кэҕэрдэ-кэҕэрдэ, муҥунан
көрөн, көгөччөр түүнү сыһыарбыт курдук, кыырык-
тыйбыт бытыгын туора-маары имэринэн кэбиһэн
баран, хааман мадьаҕалдьыйан кэлэн, уот иннигэр
олорон, хаҥас өттүгүттэн ойуулаах удьурҕай холтуу-
нун ылан, топ-топ тоҥсуйан баран, икки тарбаҕынан
батыччы харбаан ылан, былҕайбыт хара таныыты-
гар толору симиннэ, оттон кини уола Бачыгыратар
Баһылай, туохтан эрэ кыыһырбыт быһыылаах, өргөс
курдук турулуччу көрүтэлээн, алтан тэриэлкэ курдук
малаҕар сирэйэ дьэбидийэн, уҥа ороҥҥо туоллан
олордо.

    Хачыгыр чэчэгэйигэр уһуктаах төбөлөөх мас оно-
ҕос, супту сурулаан кэлэн саалла түһээт, төттөрү
тэйэн, умайа турар оһоххо түһэн хаалла. Хачыгыр
хаһыырбытынан чэчэгэйин харбанарын кытта, Тот-
тук уол, ыстанан кэлэн, баттаҕар түстэ:

    — Оноҕоспун тоҕо ылбакка уокка сиэттиҥ? — Ха-
чыгыры, баһыттан булгу сөрөөн илдьэн, түүрүллэн
утуйа сытар эриэн ыты сиирэ-халты баттата түһэр-
битигэр, соһуйбут ыт, ырдьыгынаабытынан ойон ту-
ран, Тоттук уол хаҥас бүлгүнүн быһа хабан кэбистэ.
Тоттук уол, сарылыы-сарылыы, сиргэ үҥкүрүйэ сыл-
дьан, устунан иэрийэн, уҥуох курдук буолан бар-
да. Хачыгыр, бу алдьархайтан туран куотаары, өрө
хойуоллаҥнаан эрдэҕинэ, Тоттук уол аҕата Бачыгы-
ратар Баһылай, кыламмытынан ыстанан кэлэн, өрө
көтө түһэн баран, хара быарга тиҥилэхтээн кэбистэ.
Хачыгыр, иҥиир ситиитэ тардан, өрө тэйэ түһээт,

                                                                                                                     35
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40