Page 45 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 45
— Чэ, Ньукулаай, остуоруйалаа! — дэспиттэрэ
оҕолор.
Эбэбиттэн бэрт үгүстүк истибит «Чаачахааммын»
остуоруйалаабытым. Остуоруйалаан бүппүппэр, ис-
тибит оҕолор бары хайҕаабыттара. Онон сарсыар-
дааҥҥы аһылыкпытыгар мин биир тэриэлкэ лэп-
пиэскэни эбии сиэбитим.
Ол курдук, хас да хонукка остуоруйалаан, эбии
лэппиэскэ сиэн, тот сылдьыбытым. Эбэбиттэн, аҕа-
быттан уонна убайдарбыттан иститэлээбит остуо-
руйаларым бүппүттэрэ. Оҕолор хас киэһэ аайы:
— Ньукулаай, бу киэһэ остуоруйалаар, биһиги
манньаҕын хомуйуохпут, — дэһэллэрэ.
Манньа лэппиэскэни сиир баҕа улахана. Аны урут
кэпсээбит остуоруйаларбын эбэн-сабан, уларытан-
тэлэритэн өйбүттэн оҥорон остуоруйалыыр буол-
бутум. Ону истээччилэрим сирбэттэрэ, лэппиэскэ
биэрэллэрэ.
Бүлүү мууһа турбута. Уҥуор туоруур суол аһыл-
лыбыта. Маҥнай чугас олорор оҕолор аҕалара кэ-
лэллэр. Кинилэр кэһиилэрин тоҥ алаадьы, буспут
кырбас эт, арыы, хайах аҕалаллара. Ону бары, уос-
путунан үллэстэн, сиирбит. Онтон биһиги, ыраах
олорооччулар, дьоммут кэлэллэрэ. Кинилэр аҕалар
кэһиилэрин эмиэ уоспутунан үллэстэрбит.
Кыһыҥҥы сынньалаҥмытыгар аҕам кэлэн миигин
дьиэбэр аҕалбыта. Ол кыһын мин дьонум Булгун-
ньахтаахха Байбал дьиэтигэр кыстаан олороллоро.
Чугаспытыгар хас да ыаллаах этибит. Кыһыҥҥы
бырааһынньыктарга ол ыаллар оҕолоро биһиэхэ
мусталлара, оонньууллара. Түүн хойукка диэри ыл-
лыырбыт, чабырҕахтаһарбыт, остуоруйа истэрбит.
Ону таһынан илии-атах оонньуутун: солоҥдолоо-
һуну, дьиэрэҥкэйдээһини, чехарданы оонньуурбут.
Ол оонньууларга мин бэйэм бараллаа саастаахпын
45