Page 50 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 50
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Ааптар төрөөбүт тылы туохха тэҥниирий? Тоҕо?
2. Эн туохха тэҥниэҥ этэй?
3. Икки бүтэһик этиини хайдах өйдүүргүн тэнитэн
суруй.
4. Хоһоонтон тэҥнээһиннэри уонна эпитеттэри устуҥ.
СЕМ¨Н ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
(1917—1978)
Семён Данилов кылгас олоҕор
уһун үйэлээҕи, норуокка туһалааҕы
элбэҕи айбыта, үлэлээбитэ.
Í. Å. Ìîðäèíîâ—Àììà À÷÷ûãûéà
Саха литературатын сээркээн сэһэнньитэ Амма
Аччыгыйа С. П. Данилов айар үлэтин, олоҕун ханнык
чахчыларыгар олоҕуран бу курдук үрдүк сыанабылы
биэрбитэй?
Бастатан туран, кини киһи, гражданин быһыыты-
нан саха норуотун үрдүк өлбөт өйүн тилиннэриигэ,
үс реалист-сырдатааччы суруйааччы: А. Е. Кулаков-
скай, А. И. Софронов, Н. Д. Неустроев үтүө аатта-
рын ырааһырдыыга, норуокка төннүннэриигэ өр сыл
араас уустугу, моһолу аахсыбакка турууласпыта.
Семён Петрович П. А. Ойуунускай суруйуулара
нууччалыы тылбаастанан Аан дойду, Россия ааҕаач-
чыларыгар тиийэр суолларын эмиэ үгүс сылга, сы-
лааны-сылбаны аахсыбакка, туруулаһан ситиспитэ.
Ол курдук саха олоҥхото Аан дойду күөн туттуута
буолуутугар улахан суолтаны ылбыт П. А. Ойуунускай
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун тылбаас-
таппыта.
Кини айар үлэтин сүрүнэ — саха үлэһит, отчут-
50