Page 52 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 52

Кэхтибэккэ сайдыахтын
                     Кустук өҥнөөх,
                     Кымыс сыттаах
                     Сахам аптаах саҥата.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

  1. Бэйиэт тоҕо ийэ тылын «Эппэр ийэм үүтүн кытта
      иҥмит» диэн этэрий?

  2. Кини төрөөбүт тылын «миигин… тыыннаах, сыр-
      дык дууһалыыр» диэн сыаналыыра сөп дуо, тоҕо?

  3. Киһиэхэ төрөөбүт тыла «барҕа баайа, өлбөт мэҥэ-
      тэ, дьоло» санаа төһө олохтооҕун итэҕэтиилээхтик
      быһаарарга холонуҥ.

       Тэҥнээн көрүү

      А. А. Иванов—Күндэ уонна С. П. Данилов төрөөбүт
  тылларын туһунан хоһооннорун тэҥнээн ырытыыны бу
  былаанынан сирдэтэн оҥоруҥ:
  Бу икки хоһоону ханнык иэйии ситимниирий, ураты-

      лара тугуй, ханнык көстүүлэринэн ону быһаараҕын?
  Хоһооннору сүрүннүүр уобарастары, күлүүс тыл-

      лары строфаттан строфаҕа тиһиктээн бэлиэтэниҥ
      уонна ханнык көстүү үөскүүрүн ырытыһыҥ.
  Бэйиэттэр сүрүн санааларын ханнык уус-уран ньы-
      малары туһанан ситиспиттэрий?

                                                 АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

      Ийэ тыл туһунан викторина ыйытыыларын толкуй-
  дааҥ.

52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57