Page 51 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 51

масчыт, ыанньыксыт киһитигэр, ийэҕэ, аҕаҕа, төрөө-
бүт сиргэ, дойдуга уҕараабат таптал тыына. С. П. Да-
нилов айар үлэтигэр ураты истиҥник, кэрэтик, күүс-
кэ төрөөбүт ийэ тылга таптал иһиллэр. Кини ийэ
тылыгар анаммыт уонча хоһоонуттан биирэ — «Саха
саҥата».

    Семён Петрович Данилов — Аан дойдуга саха
саҥатын дуораһыппыт бэйиэт. Азия уонна Африка
суруйааччыларын сомоҕолоһуутун чилиэнэ буолан,
Индия Дели куоратын тыһыынчанан дьон мустубут
болуоссатыгар, бэйиэттэр күрэхтэһиилэригэр, саха-
лыы саҥаны сатарыппыта биллэр.

                              Саха саҥата

                    Эппэр ийэм үүтүн кытта
                    Иҥмит эбит, быһыыта,
                    Кустук өҥнөөх,
                    Кымыс сыттаах
                    Сахам мандаар саҥата.

                         Кини миигин
                         Таптыыр, ыллыыр,
                         Тыыннаах, сырдык дууһалыыр,
                         Кини миигин
                         Кырыыр, алгыыр
                         Эрдээх хоһуун санаалыыр.

                    Кини миэнэ —
                    Барҕа баайым,
                    Өлбөт мэҥэм — мин дьолум.
                    Кини миэнэ —
                    Ыалдьар ыарыым,
                    Үлэм, күнүм — мин соргум.

                         Кэмниин тэҥҥэ,
                         Дьоммун кытта

                                                                                                                     51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56