Page 49 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 49
бөлүһүөктүү ис хоһоонноох айымньыный! Ийэ тыл
барахсан кэрэтин, минньигэһин, кини олоххо суол-
татын бэйиэт уратытык хоһуйбут. Бу хоһоон саха
тылын улуу сорукка уруйдуур, албан аакка алгыыр
аналлаах.
(И. Г. Иванов—Уйбаан Нуолур ыстатыйатыттан)
Ааҕыы, ырытыы
Төрөөбүт тыл
Төрөөбүт
Төрүт тыл,
Сөрүүн
Сүөгэй курдук,
Сүрэҕи-быары
Сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон
Уутун курдук,
Улахан куйааска
Утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук,
Тостор куйааска
Тоҕулу ханнарар…
Иитиллибит
Ийэ тылбыт
Иинэҕэс сири
Имэҥинэн-быйаҥынан
Ибиирэн биэрэр…
Саппа
Садарах уотунан
Күтүр хараҥаны
Күлүмнэтэ сырдатар…
49